Былыр саха киһитэ барыта булчут этэ. Айылҕа биэрбитинэн аһаан - сиэн, таҥнан - симэнэн, дьиэ - уот оҥостон, сылгы, сүөһү ииттэн олорбута. Булчут айылҕаҕа сылдьар кэмигэр сиэри - туому тутуһуохтаах, өбүгэлэр олохтообут үтүө үгэстэрин кэһиэ суохтаах.
Маннык бобуулары хас биирдии булчут тутуһуохтаах :
* Өлбүттээххэ сылдьыбыт буоллаҕына, бултуурун 40 хонукка тохтотуохтаах, оттон тахсар күннээх буоллаҕына тыа, күөл иччилэрэ булду бэрсибэттэр. Хонуга аастаҕына бэйэтин уонна сэбин - сэбиргэлин арчыланан баран тахсар.
* Бултуу сылдьан өрүсүһүү, атын киһиэхэ туһаайыллыбыт булду ылар сатаммат.
* Бултаан киирэн баран чугас дьонугар хайаан да бэрсиэхтээх, т.д. бэринньэҥ булчукка Баай Байанай булду тэбэр.
* Атын булчут сэбигэр - сэбиргэлигэр
( туһаҕар, сохсотугар, туутугар, илимигэр, саатыгар) киирбит булду көҥүлэ суох тыыппаккын.
* Улахан булка ( эһэҕэ, тайахха, табаҕа) сылдьар булчут кыра булду ( куобаҕы, мас көтөрүн) о.д.көрдөҕүнэ бултаспат, көннөрү аһыырыгар эрэ өлөрөр.
Тыаҕа бултуу тахсар күн - дьыл хайдаҕыттан, ол эбэтэр уларыйыытыттан тутулуктаах. Бултуу сылдьан булт үргэн хаалыа диҥн айдаарбаттар, оту - маһы алдьаппаттар, мутугу тосту үктээбэттэр. Бултаан бүтэн баран, уоттарын үчүгэйдик умуруоран, аһаабыт сирдэрин хомуйан,о.а бэйэлэрин кэннилэриттэн туох да бөҕү - сыыһы хаалларбакка дьиэлэригэр төннөллөр.
Баай хара тыа иччитин аата?
Баай хара тыа иччитин Баай Барылаах эбэтэр Баай Байанай диэн ааттыыллар. Бу иччи дьоҥҥо-сэргэҕэ тииҥ тириитин кэппит кыра оҕонньор буолан көстөр. Оттон үгүс үһүйээннэргэ кэпсэнэринэн, сорох ардыгар хара тыа иччитин кыыһын булчуттар көрөллөр үһү.
Баай Барылаах
Хатан Тэмиэрийэ
Аан Алахчын Хотун
"Байанай алгыһа" айымньы ааптара?
П.А. Ойуунускай
А.Е. Кулаковскай
А.И. Софронов
Уу иччитин аата?
Уу иччитэ Күөх Далай эбэтэр Күөх Боллох Тойон, оттон атыннык Ууккун диэн ааттаах. Кини күөлгэ эбэтэр үрэххэ олорор. Ону сорох ардыгар ытыктаан "эбэ" дииллэр.
Тойон Түһүмэл
Көөкөнөй Тойон
Күөх Боллох Тойон
Биир көс диэн хас км?
10
20
1000
Хонуу куһун аата?
Көҕөн
Чыккымай
Көҕөн
Умсаах
"Ленок" балык сахалыыта?
Быйыт
Бил
Тууччах
Быйыт
Ойууга ханнык кыыл суолай?
Тииҥ
Саарба
Саһыл
Тайах муоһа ханнык ыйга түһэрий?
Алтынньыга
Сэтинньи, ахсынньы ыйдарыгар
Тохсунньу, олунньу ыйдарыгар
Ойууга ханнык куһуй?
Ханай
Туой баттах
Ээмиллэ
Ханай
Сэтинньи туох ыйынан биллэрий?
Сэтинньи ый — Баай Байанай ыйа. Сахалар биир саамай ытыктыыр, сүгүрүйэр ыйбыт. Сэтинньи ый алгыһa һук, һук,һук! Дьолуону тосхойооччу, өлгөмү биэрээччи, хара тыа хаһаайына, тумул тыа тойоно, кыһыл саһыл кымньыылаах, ой буур оонньуулаах, көй боллох сэксэ олохтоох, сөҥ сөгөлөөн тусаһалаах, эһээ диэтэххэ, эһээ диэччи, бардам тутуу, барылы кэскил, Барылаах Баай Байанай Тойон эһэм, бэттэх көрөн мичик гын, дом! Суолтата Сэтинньи ый аһа элбэҕинэн уратыланар. Кыһын кэлиитэ идэһэлэнэллэр, муҥхалыыллар, тайахтыыллар, мас көтөрдууллэр. Бу ас-үөл элбэх кэмигэр элбэхтик уруулар буолаллар, малааһыннар тэриллэллэр. Байанай ыйын бэлиэлэрэ Таҥарата — Байанай. Ойуута — ох. Суолтата — сатабыл. Тыла — һук. Сулуһа — Кэһэх Сулус. Бухатыыра — Тамаллаайы. Бэргэн Куота — Нуоральдьын Куо. Мала — хойгуо. Тыаһа — хобо. Үүнээйитэ — долохоно. Көтөрө — улар. Кыыла — киис. Аһа — хаан. Күнэ-дьыла Сэтинньи – кыһыҥҥы ый. Сэтинньигэ кыһын хайдах буолуон, саас хойутуон дуу, эрдэлиэн дуу быһаараллар. Сэтинньи тибиитэ элбээтэҕинэ ус буолар, оччоҕо саас тоҕус тибин түһэр. Бу түбэлтэҕэ өҥ дьылы күүтэллэр.Сэтинньи ыйы ыам ыйа батыһар. Ый алтыыта 15 күҥҥэ буолар.
Байанай ыйа
Муҥха ыйа
Идэһэ ыйа
Элбэхтик аах!
Син билэр эбиккин!
Олус үчүгэй!
Баай хара тыа иччитин Баай Барылаах эбэтэр Баай Байанай диэн ааттыыллар. Бу иччи дьоҥҥо-сэргэҕэ тииҥ тириитин кэппит кыра оҕонньор буолан көстөр. Оттон үгүс үһүйээннэргэ кэпсэнэринэн, сорох ардыгар хара тыа иччитин кыыһын булчуттар көрөллөр үһү.