Саха норуотун биир уһулуччу талааннаах суруйааччыта, народнай поэта, Саха АССР искусстволарын үтүөлээх деятелэ, Российскай Федерация культуратын үтүөлээх үлэһитэ, «Бочуот знага», «Доҕордоһуу» орденнар кавалердара, «Хотугу сулус» диэн Россия литературнай премиятын, Саха комсомолун аатынан премия лауреата, Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо Иван Михайлович Гоголев-Кындыл Уйбаан 2025 сыл тохсунньу 18 күнүгэр 95 сааһын туолар. Бу бэлиэ күҥҥэ анаан В. Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр библиотека айылҕаттан анаммыт улуу талаан, сүдү киһи аатын, олоҕун уонна үгүс өрүттээх айымньыларын сырдатар тургутук бэлэмнээтэ.
Иван Михайлович Гоголев-Кындыл хаһан, ханна төрөөбүтэй?
А). Бүлүү улууһугар 1930 с. Тохсунньу 18 к.
Б). Горнай улууһа 1925 с. Тохсунньу 18 к
В). Хаҥалас улууһа 1930 с. Тохсунньу 18 к.
Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, бастакы хоһооннорун ким диэн илии баттыыр эбитий?
А). Витаминин
Б). Кындыл
В). Хабырыыс
Иван Гоголев бастакы хоһооннорун хомуурунньуга туох диэн ааттанан тахсыбытай?
А). Иэйэхсити кэлэтии
Б). Ыҥырар уоттар
В). Маҥнайгы кыымнар
Иван Гоголев ханнык хоһооно Грант Григорян музыкатыгар ырыа буолан, саха гимнин курдук уостан түспэккэ дуораһыйар?
А). Күн хайата
Б). Өлүөнэ хоптолоро
В). Сахам сирэ барахсан
Саллаат сүрэҕэ диэн пьесатын поэт ким уобараһын арыйан суруйбутай?
А). Гаврил Протодьяконов
Б). Федор Попов
В). Михаил Стрекаловскай
Иван Гоголев оҕо сылдьан эбэтиттэн истибит остуоруйаларын сюжеттарыгар олоҕуран ханнык икки театр сыанатыгар турбут айымньыны суруйбутай?
А). Кыталыктар кырдаллара, Хотугу сибэкки
Б). Таас таба, Өлүөнэ сарсыардата
В). Иннэ үүтэ, Наара суох
Хотугу сибэкки оперетта кылаабынай героинята Татыйык прототиба кимий?
А). Мария Алексеевна Черткова
Б). Евдокия Константиновна Яковлева
В). Людмила Реасовна Кулаковская
Иван Гоголев кэргэнэ Мария Алексеевна Черткова – биллиилээх учуонай-селекционер, үүнээйиттэн саҥа суорду ылбыта. Кэргэнниилэр иккиэн биир ааттаах айымньылаахтар. Олору ааттаа.
А). Эркээни
Б). Кындыл
В). Хара кыталык
Иван Михайлович чугастык саныыр доҕорун, суруйааччыны «Хара Бэкир» диэн ааттыыр эбит. Кими?
А). Семен Титович Руфов
Б). Савва Иванович Тарасов
В). Моисей Дмитриевич Ефимов
"Хара кыталык" роман сүрүн геройа Хобороос кыыс туох дьикти ураты дьоҕурдааҕай?
А). Өтө көрөр
Б). Эмчит
В). Хос куолайынан үтүктэр талаан
Иван Гоголев прозанан дьарыктаныытын өссө күүһүрдэн 1986 сыллаахха "Сибиир билиҥҥи сэһэнэ" диэн серияҕа ханнык сэһэни бэчээттэтэн таһаарбытай?
А). Үһүс харах
Б).Олорор мутуккун кэрдимэ
В). Иэйэхсити кэлэтии
Народнай поэт айымньыларын Иэйэхсит эдьиийдэринэн үс дьахтары ааттыыра, кимнээҕи?
А). Эбэтэ, ийэтэ, кэргэнэ
Б). Эдьиийэ, кэргэнэ, ийэтэ
В). Кэргэнэ, кыыһа, ийэтэ
Олус бэрт! Ситиһиилэри! Аа5ыҥ, сайдыҥ!